Күндү Сахабыт сирин бар дьоно!
Сэтинньи 14 күнүгэр 19 чаас 30 мүнүүтэҕэ “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар саха уус-уран литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, саха тыйаатырын бастакы дириэктэрэ, поэт, прозаик, драматург, саха омук духовнай лидерэ Анемподист Иванович Софронов сырдык кэриэһигэр анаммыт “Алампа” аатынан уопсастыбаннай бириэмийэни туттарыы үөрүүлээх сиэрэ-туома көстүөҕэ. Сэргээҥ, кэрэхсээҥ!