БУРНАШЕВ ИННОКЕНТИЙ ИВАНОВИЧ – ТОҤ СУОРУН (1868-1945) олоҥхоһут, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ
Мэҥэ-Ханалас улууһун Тараҕай нэһилиэгэр 1868 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн ыалга остуоруйалаан, олоҥхолоон бар дьон биһирэбилин ылбыта. Кини 10 олоҥхотун, 30-ча номоҕун, 20-тэн тахса остуоруйатын чинчийээччилэр сурукка тиһэн кэлэр көлүөнэҕэ хаалларбыттара. Мин ийэбинэн хос-хос-хос эһээм Тоҥ Суорун 1934 сыллаахха саха суруйааччыларын бастакы конференцияларыгар "Дыырай Бухатыыр" диэн олоҥхотун сурукка киллэрбиттэрэ.
Олоҥхо кэпсээнэ, сүҺэн оҥоҺуллубут сүҺүөт үөтүүтэ барыта айыы уонна абааҺы аймаҕын охсуһуута, атаана-мөҥүөнэ буолар.